Бикипиэдьийэ:Бу туһунан

Бикипиэдьийэ (ааҥл. Wikipedia) — көҥүл туһаныллар, элбэх тылынан тахсар аһаҕас, универсальнай интэриниэт-энциклопедия[1], кини биики бириинсибигэр олоҕуран үлэлиир.

Бикипиэдьийэ үлэтин АХШ-ка бэлиэтэммит кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ - «Бикимиэдьийэ Пуондата» - хааччыйар. Бикимиэдьийэ диэн аан дойду хамсааһына баар, онно Бикимиэдьийэ Пуондата, уонна кини өйүүр бырайыактара (Бикипиэдьийэттэн ураты Биики Хааһах, Бикитиэкэ, Биики Домох уо.д.а.) киирсэллэр, ону таһынан ол хамсааһыҥҥа бэйэлэрин баҕаларынан ити бырайыактары сайыннарар дьон киирэллэр. Бикимиэдьийэ бырайыактарыттан бастыҥнара Бикипиэдьийэ буолар, кини сахалыы салаата — бу элбэх тыллаах бырайыак сорҕото, соруга - Сир туох баар тылларынан толору энциклопедияны суруйуу. Аата икки ааҥыл тылыттан тахсар wiki («биики», саайт үлэтин хааччыйар ньыматык; ааҥыл тылыгар гаваай тылыттан киирбит, онно «түргэн» диэн суолталаах) уонна encyclopedia («энциклопедия»).


Эбии көр

Быһаарыылар

Атылыы бырайыактар


Халыып:Түмсүү


Халыып:Бикипиэдьийэ сиэрэ