Эр соҕотох

Эрэйдээх- буруйдаах Эр соҕотох - Сахалыы аан бастакы "Олоҥхо", айымньы А.Я.Уваровскай суруйуутунан бэчээттэммитэ. (А.Ф.Миддендорф 1848 сыл). Бастакы түhүмэххэ Эр соҕотох быhыыта- тутуута, сирэ-дойдута, олоҕо-дьаhаҕа ойууланар.

Онно этиллэр:

  1. Эт Мурааннаах.
  2. Үрүмэтийбэт үүт күөллээх
  3. Уhуга суох куөх далай байаҕаллаах
  4. Хара көмус хайалаах
  5. Харыаҥкы чайдаах
  6. Аҕырыа кумахтаах

"Балаҕанын хаба ортотугар ус эмэн дьахтар сэргэстэhэн туралларын курдук ус уөлэстээх хотун оhохтоох" эбит.

"Удаҕан дьахталлар кулуhуннаах кыырар таҥастарын кэтэн кыыраары кылыгыраhа туралларын курдук илибирэhэ турар сэбирдэхтээх тэтиҥ тумуллаах" эбит.

Салгыы, биллэ илик санаа чуҥкук мэйиитигэр эриллэн Аар маhыгар (көр: Аар Кудук Мас) көрдөhө тиийэр. Аар (Кудук) мас төҥургэс буолбут төрдуттэн Айыы хотуна Аан Алахчын куругар диэри тахсан олорон субэлиир- амалыыр: "Эйигин үһүс халлаан үрдүттэн төрөтөөт түhэрбиттэрэ бу дойдуга оҕо төрөтөн, дьон үөскэтэн киhи төрдө буол диэн. Эн мантан бар, аттан. Суолуҥ эрэйдээх буолуоҕа, тулуй. Эрэн, аналлааххын булуоҥ".

Эр соҕотох айаҥҥа турунар. Биир буомҥа кэлэн "кирситтэн ыhыктан кэбиспит оноҕоhо сыарҕалаах от тахсыах гына дьөлө көтөн тахсыбытын устун сүүрдэн тахсар". (Ситинник чахчы сахалыы куттаах эрэ киhи этиэҕэ). Бастакы түhүмэх маннык тумуктэнэр: "Бу буомҥа кэлэн ата эттэҕэ: "Иччим, эн түс мин үрдубүттэн, мин сынньана түспүтүм кэннэ холуммун-дьириммин оҥорон баран үчүгэйдик миинээр, көтөн көрүөм".

Олоҥхо иккис туhумэҕэр Хараххан тойон олоҕо кэпсэнэр. Ол олоҥхо олоҕор олордохторуна Буура Дохсун диэн абааhы баатыра буулуур. Эр соҕотох түбэhэ кэлэн охсуhан кыайар. Арай, абааhы сүрэҕин уhуга хаалан хара суорунан кубулунан "хара харгыс буоларбын кэбиhиэм суоҕа" диэн баран сири сүптү түhэн хаалар. Суор буоллаҕа эни, сири сүптү түhэн хааллаҕа эни.

Олоҥхо Хараххан Эр соҕотоҕу маанылаан-күндүлээн, ылгын кыыhын ойох биэрэн ыытыытынан бүтэр.

🔥 Top keywords: Сүрүн сирэйДалан "Дьикти саас" айымньытын ырытыыКуоратчыт (Алампа)Оҕо куйуурдуу турара (П.А. Ойуунускай)Чүөчээски (Суорун Омоллоон)Арассыыйа федерациятын социальнай каартатаДьоллоох оҕо саасХачыгыр (Эрилик Эристиин)Семен Андреевич Попов (Сэмэн Тумат)Аналлаах:КөрдөөһүнБикипиэдьийэ:Бүк охсунууАан дойду иккис сэриитэБикипиэдьийэ:Бу туһунанСуорун ОмоллоонӨс хоһооноБикипиэдьийэ:Саҕалааччыларга көмөБылатыан ОйуунускайОҕо куйуурдуу турара (киинэ)Бикипиэдьийэ:Түмсүү сирэКиһи уонна айылҕаӨбрүөпэ СойууһаБикипиэдьийэСахалыы ааттарХудуоһунньукАрбитаСметанин Тимофей ЕгоровичАналлаах:Саҥа уларытыыАмма АччыгыйаАлампаНьургуһун сибэккиИлин ЭҥэрУлуу БританияКүлүмнүүр (Никифоров Василий Васильевич)Бикипиэдьийэ:Кэпсэтэр сирДалан (суруйааччы)Неустроев Николай ДенисовичЭҕэрдэ сурукБикипиэдьийэ:Бастыҥ ыстатыйаларУол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа