Аанньал

Аанньал диэн Таҥара көҥүлүн дьоҥҥо биллэрэр илдьит. Аанньаллар сүдү айылҕа кыахтаах иччилэр. Ырайтан кыйдаммыт аанньаллар түспүт аанньал буолаллар. Дьоҕур үлэлэригэр аанньалары үксүн кынаттаах сандаарар киһитиҥи харамай курдук ойуулууллар.

«Аанньал ырыата», Уильям-Адольф Бугро, 1881 сыл, Гетти түмэлэ

Иудаизм

Иудаизмҥа сэттэ үрдүкү аанньал (архаанньал) баар:

  • Михаил
  • Габриэль
  • Рафаэль
  • Уриэль
  • Рагуэль
  • Сариэль
  • Дьарамил

Христианизм

Христианизмҥа аанньаллар үс кэккэлээх тоҕус таһымнаахтар.

Үрдүкү кэккэ:

  • Серафтар
  • Херубтар
  • Олбохтор

Орто кэккэ

  • Тойоттор
  • Күүстэр
  • Бииликтэр

Алын кэккэ

  • Дьаһаллар
  • Архаанньаллар
  • Аанньаллар