Үөт

Үөт (лат. Salix, нууч. Род Ива) — бу үөттүҥүлэр семействоларыгар киирэр мастар, талахтар, сэппэрээктэр бөлөхтөрө. Аан дойдуга 350-ча көрүҥ баара биллэр. Онтон Саха сиригэр 60 көрүҥ баар[1]. Олортон түөрдэ мастар, 35 — талах (кустарник), 21 көрүҥ — сэппэрээк (кустарничек). Атын аата Талах.

Көрүҥнэрэ

  • Бебб үөтэ
  • Өрүү үөтэ
  • Түүлээх үөт
  • Шверин үөтэ
  • Сүрэх үөт
  • Силбиктээх үөт
  • Собо тыла үөт
  • Харастыҥы үөт

Өссө маны көр

Быһаарыылар