«Прааганы босхолооһун иһин» мэтээл

«Прааганы босхолооһун иһин» мэтээл - бары «Босхолооһун иһин» (за освобождение) мэтээллэр курдук куораты босхолуурга хорсун быһыыларын, сатабыллаах салайыылары уонна бойобуой эпэрээссийэлэри үчүгэйдик ыыппыт байыаннайдарга бэриллэрэ. «Босхолооһун иһин» мэтээллэр бэс ыйын 9 күнүгэр 1945 с. олохтоммуттара. Түөс хаҥас өттүгэр иилиллэллэр.

«Прааганы босхолооһун иһин» мэтээл
«Прааганы босхолооһун иһин» мэтээл лиэнтэтэ

Мэтээл быһа холоон 395 киһиэхэ бэриллибитэ[1].

Быһаарыылар