LibreOffice

LibreOffice (ЛибреОфис, сах. Көҥүл офис) — аһаҕас куодтаах офиснай бырагыраамалар бакыаттара. 2010 сыллаахха OpenOffice бакыаттан хайытыллан төрүттэммитэ[1]. Программистар үлэлэрин The Document Foundation диэн барыс киллэрбэт пуонда дьон сиэртибэлээбит харчыарын хомуйан өйүүр[2].

Офис бакыатын иһигэр тиэкиһи уонна табылыыссаны оҥорор процессордар, презентация оҥорор бырагыраама, векторынан ойуулуур эрэдээктэр, билии олоҕун салайар тиһик уонна формула эрэдээктэрэ киирэллэр. Сүрүн формаата аһаҕас OpenDocument (ODF, ISO/IEC 26300) формаат буолар, ону таһынан атын да формааттары туттуохха сөп, ол иһигэр Office Open XML, DOC, XLS, PPT, CDR[3].

Офис бакыата GNU LGPL[4] аһаҕас лиссиэнсийэннэн тарҕанар, ол иһин бүддьүөт да, урбаан да, үөрэх да тэрилтэлэригэр, биирдиилээн да дьон босхо туһаныахтарын сөп.


Быһаарыылар