Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ

Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ
Республика Карелия
Karjalan tazavaldu
Karjalan tasavalta
Karjalan Tazovaldkund


Карелия дуоҕатаКарелия дьаралыга
Карелия былааҕаКарелия дьаралыга
КиинэПетрозаводскай
Иэнэ180 520 км²
Дьонун ахсаана618 056 (2019)
Федеральнай уокуругаХотугулуу арҕаа
Экономическай оройуонаХоту
Ил тылануучча (омук тыла суолталаахтар карел, финн уонна вепс)
Республика баhылыгаАртур Парфенчиков
Кэм зонатаMSK (UTC+3, сайын UTC+4)

Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ (Нууччалыы: Республика Карелия; Кареллыы: Karjalan tazavaldu; Финныы: Karjalan tasavalta; Вепстыы: Karjalan Tazovaldkund) диэн Арассыыйа Федерациятын субъега. Киин куората Петрозаводскай.

1922 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр тэриллибитэ.

Географията

Өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа Федерациятын хотугулуу арҕаатыгар, Үрүҥ уонна Балтик байҕаллар икки ардыларынааҕы сирдэригэр баар. Үрүҥ байҕал кытылын линията 630 км.

  • Иэнэ: 180 520 км2
  • Кыраньыыссалара:
    • ис: Мурманскай уобалаhа (Х), Архангельскай уобалаhа (И/СИ), Вологда уобалаhа (СИ/С), Ленинград уобалаhа (С/СА)
    • тас: Финляндия (СА/А/ХА) (кыраньыысса уhуна: 723 км)
    • уу: Үрүҥ байҕал (Х/ХИ/И), Онега (СИ), Ладога (СА)
  • Үрдүкү сирэ: 576 м, Нуорунен чыпчаала.

Өрүстэр

Карелияҕа 27,000 кэриҥэ өрүс баар. Сүрүн өрүстэрэ:

  • Водла (Vodlajoki, 149 км)
  • Кем (Kemijoki, 191 км)
  • Ковда (Koutajoki)
  • Шуя (Suojoki)
  • Суна (Suunujoki)
  • Выг (Uikujoki)

Күөллэр

Карелияҕа 60,000 кэриҥэ күөл баар. Ладога (Финныы: Laatokka) уонна Онега (Ääninen) Эуропа ордук улахан күөллэрэ. Атын күөллэрэ:

Хоту уонна Соҕуруу Карелия регионнара Финляндияҕа уонна Карелия Республиката Арассыыйаҕа. Карел билиитэ билигин Ленинград уобалаhын ирээтэ
  • Ньюкозеро (Nuokkijärvi)
  • Пьяозеро (Pääjärvi)
  • Сегозеро (Seesjärvi)
  • Сямозеро (Säämäjärvi)
  • Топозеро (Tuoppajärvi)
  • Выгозеро (Uikujärvi)

Сирин баайа

Өрөспүүбүлүкэ сирин улахан өттө (148,000 км², эбэтэр 85%) тыа.

Сирин баайа: тимир урудаата, алмаас, ванадиум, молибден уо.д.а.

Климата

Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ Атлантик континентал климат зонатыгар баар. Тохсунньу орто температурата -8.0 °C, от ыйын гиэнэ +16.4 °C. Сыллааҕы сөҥүү орто таhыма 500-700 мм.[1]

Дьоно

  • Олохтоохторун ахсаана: 716,281 (2002)
    • Куорат олохтоохторо: 537.395 (75.0%)
    • Тыа сирин олохтоохторо: 178,886 (25.0%)
    • Эр дьон: 331,505 (46.3%)
    • Дьахталлар: 384,776 (53.7%)
  • Орто саас: 37.1
  • Омуктар:
1926193919591970197919892002
Нууччалар153,967 (57.2%)296,529 (63.2%)412,773 (62.7%)486,198 (68.1%)522,230 (71.3%)581,571 (73.6%)548,941 (76.6%)
Кареллар100,781 (37.4%)108,571 (23.2%)85,473 (13.0%)84,180 (11.8%)81,274 (11.1%)78,928 (10.0%)65,651 (9.2%)
Беларустар555 (0.2%)4,263 (0.9%)71,900 (10.9%)66,410 (9.3%)59,394 (8.1%)55,530 (7.0%)37,681 (5.3%)
Украиннар708 (0.3%)21,112 (4.5%)23,569 (3.6%)27,440 (3.8%)23,765 (3.2%)28,242 (3.6%)19,248 (2.7%)
Финнар2,544 (0.9%)8,322 (1.8%)27,829 (4.2%)22,174 (3.1%)20,099 (2.7%)18,420 (2.3%)14,156 (2.0%)
Вепстар8,587 (3.2%)9,392 (2.0%)7,179 (1.1%)6,323 (0.9%)5,864 (0.8%)5,954 (0.8%)4,870 (0.7%)
Атыттар2,194 (0.8%)20,709 (4.4%)29,869 (4.5%)20,726 (2.9%)19,565 (2.7%)21,505 (2.7%)25,734 (3.6%)

Олохтоох пууннар

5 тыh. тахса олохтоохтордоох пууннар
Тохсунньу 1 2009 туругунан, https://web.archive.org/web/20010309110056/http://world-gazetteer.com/
Петрозаводск 269 207 Суоярви 10 924
Кондопога 33 554 Надвоицы 10 322
Сегежа 32 631 Пудож 9 730
Костомукша 29 995 Олонец 9 225
Сортавала 19 484 Лахденпохья 8 167
Медвежьегорск 15 496 Лоухи 5 257
Кемь 13 448 Калевала 5 303
Питкяранта 12 816 Пиндуши 5 134
Беломорск 11 776

Экономиката

Олохтоох айылҕа баайдарын туттар индустрия салаалара: мас, маhы таҥастыыр, кумааҕы, хара металлургия уонна тутуу материалларын индустриялара.

Кэлии ресурстары туттар салаалар: массыына оҥоруута, өҥнөөх металлургия.

Бөдөҥ хампаанньалар

  • «Авангард»
  • «Вяртсильский метизный завод»
  • «Карельский окатыш»
  • «Карелэнерго»
  • «Кондопога»
  • «Ляскельский бумажный завод»
  • «Петрозаводскмаш»
  • «Онежский тракторный завод»
  • «Сегежский ЦБК»
  • «Суоярвская картонная фабрика»
  • Целлюлозный завод «Питкяранта»

Политиката

Култуурата

Аан дойдутааҕы биллиилээх Калевала диэн карел-финн эпоhа.

Быһаарыылар