Кытыан

Кытыан (лат. Juniperus) (нууч. Можжевельник) — куруутун күөх, сытыы инньэлээх, отоно көҕөрүмтүйэн көстөр сэппэрээк үүнээйи.

Кытыан

Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэр сүнньүлэригэр үксүн үрдүк сирдэргэ үүнэр.

Эмкэ туттуллуута

Кытыан ииктэтэр дьайыылааҕынан биллэр. Онон хатыҥ сэбирдэҕин кытта холбоммут көөнньөһүгүн бүөр, хабах ыарыыларыгар, дыгдайыыга туттуллар. Итиэннэ сөтөл силин үчүгэйдик хоҥуннарар. Сүһүөх дьарҕа ыарыытыгар ванна оҥостон эбэтэр көөнньөһүгүнэн сэрэнэн ыалдьар сири н сотон, илбийиллэр (массаж)[1].

Быһаарыылар