Томас Эдисон

Томас Алва Эдисон (ааҥл. Thomas Alva Edison; Олунньу 11 күнэ 1847, Майлен (ааҥл. Milan), Огайо штат — Алтынньы 18 күнэ 1931, Вест Оранж (ааҥл. West Orange), Нью-Джерси штат, АХШ) — Аан дойдуга биллэр, Эмиэрикэ биир сүдү саҥаны айааччыта (нууч. изобретатель), уопсайа 1093 тэрилгэ АХШ патенын ылбыт. Саҥа оҥоһуллубут тэриллэрэ сүрүннээн электрикаттан үлэлииллэрэ. 1878 с. «Эдисон электрик лайт компани» компанияны тэрийбит. 1892 с. «Томсон-Хьюстон электрик» компанияны кытта холбоһон баран «General Electric» корпорация тэриллэр.

Томас Алва Эдисон, АХШ саҥаны айааччыта
Томас Алва Эдисон, АХШ саҥаны айааччыта
A Day with Thomas Edison (1922)

Эдисон сүрүн саҥа айбыт тэриллэрэ

Изобретениегод
Аэрофон18??
Электриканан үлэлиир хас киһи куоластаабытын ааҕар тэрил1868
Тикерный аппарат1869
Чохтон оҥоһуллубут телефон мембраната1870
Түөрт сири кытта тэҥҥэ кэпсэтэр телеграф1873
Мимеограф1876
Фонограф1877
Чох микрофона1877
Чохтон оҥоһуллубут Лампа1879
Тимир рудатын араарар Магнитнай сепаратор1880
Кинетоскоп1889
Электрическэй олоппос1890
Железо-никелевый аккумулятор1908