Бикипиэдьийэ:Суолта

Кылгас сигэ-утаарыы
БП:С
БП:СК
Сирэйдэри сотууСирэйдэри сотуу
Сүрүн сиэр-туом
Суолта критиэрийдэрэ
  • Дьон
  • Ситим-сирдэр (саайтар)
  • Түөрүйэлэр, өйдөбүллэр уонна айыылар
Категориялар
Ырытыы сирэйдэрэ
  • Соторго
  • Сотуллубут сирэйдэри төннөрүү

Бикипиэдьийэ — энциклопедия, ол аата наардаммыт, сааһыламмыт киһи-аймах билиитэ. Былыр-былыргыттан ханнык баҕарар энциклопедияҕа билии барыта киирэр буолбатах, тугунан эрэ уратылаах, суолталаах эрэ тиэмэлэр киирэллэр. Тиэмэ суолтата кини олоххо-дьаһахха ыйааһынын, дьон билиниитин синонима буолбатах, ол эрэн бу өйдөбүллэри кытта ситимнээх. Бикипиэдьийэҕэ ыстатыйа тиэмэтэ аллара ыйыллыбыт суолта сүрүн киритиэрийдэригэр эппиэттиир буоллаҕына, эбэтэр атын киритиэрийдэриттэн биирдэстэригэр эппиэттиир буоллаҕына суолталааҕынан ааҕыллар[1].

Сиэрдэр уонна ыйыылар-кэрдиилэр тиэмэ суолталааҕын быһаарарга көмө буолаллар, ол эрэн ыстатыйа ис хоһоонун таарыйбаттар. Ыстатыйа ис хоһоонун атын сиэрдэр быһаараллар: Кытыга суох сыһыан, Суруллубут тургутуллар буолуохтаах, Тус чинчийии көҥүллэммэт, Бикипиэдьийэ туох буолбатаҕый.

Суолта сүрүн киритиэрийэ

Кылгас сигэ-утаарыы
БП:ССК

Ханнык эрэ өйдөбүл, киһи, түбэлтэ итэҕэтиилээх төрүттэргэ (источниктарга) киэҥник сырдатыллар буоллахтарына суолталаах аатыраллар.

Быһаарыылар