Каймаан арыылара

Каймаан арыылара[1] (нууч. Острова́ Кайма́н эбэтэр Кайма́новы Острова́)[2][3][4] (ааҥл. Cayman Islands) — Вест-Индияҕа Кариб байҕалыгар баар Кайма́н арыыларыгар сытар Британия сирдэрэ[5][6]. Нууччалыы сурукка киирбит аата — Острова Кайман (KY, CYM)[7].

Иэнэ — 264 км². Улахан Каймаан, Кыра Каймаан уонна Кайман-Брак диэн арыылардаах.

Олохтоохторо — 61 944 киһи (2020), мулааттар, европеецтэр уонна хара тириилээхтэр. Олохтоохторун 4/5 Улахан Каймаан арыыга олорор. Дьаһалта киин куората — Джорджтаун. Олохтоохтор сүрүн дьарыктара — туристарга өҥө оҥоруу уонна чараппаахы иитиитэ.

Быһаарыылар