Винсент ван Гог
Винсент Виллем ван Гог (нидерл. Vincent Willem van Gogh, Кулун тутар 30 1853 – От ыйын 29 1890), Недерланд уруhуйдьута, постимпрессионист. Ван Гог үлэлэрэ 20 үйэ дьоҕуругар баhаам сабыдыаллаахтар. Кини өйүнэн ыалдьар эбит. 37 сааhыгар пистэлиэтинэн төбөҕө ытынан өлбүтэ.
Ван Гог олоҕун тухары соччо биллибэт эбит. Өлбүтүн эрэ кэнниттэн биллиитэ дьэ улаатан барбыт. Бүгүн күн Ван Гогу история биир улуу уруhуйдьутунан билинэллэр. Аныгы дьоҕурга кини сабыдыала улахан, бастатан туран модернизм хайысхатыгар.
Ван Гог 2000 тахса уус-уран айымньылаах, олортон 900 кэриҥэ хартыыналар, 1100 уруhуйдар уонна барыллар. Билигин кини сорох үлэлэрэ (бэйэ мэтириэттэрэ, пейзажтара, мэтириэттэрэ уонна күн чэчиктэрэ) аан дойду ордук биллиилээх уонна күндү дьоҕур айымньыларын ахсааннарыгар киирсэллэр.
Сорох үлэлэрэ
Бэйэ мэтириэттэр
- Ойууһут
- Гогеҥҥа анаан
- Быстыбыт кулгаахтаах
Күн чэчиктэрэ
Баҕа батастара
Пейзажтар
- Сулустаах түүн
- Кафе түүҥҥү күүлэтэ (1888)
Атын
- Тэтэркэй оруоhалар
- Хаайыылаахтар дьаарбаҥнара
- Рэй доктор мэтириэтэ